Ыам ыйын 29 күнүгэр нэһилиэкпит кырдьаҕастара түмсэн СВОҕа сылдьар уолаттарбытыгар, Россия армиятыгар, бэйэбит кыра да буоллар, олус наадалаах укулааппытын ууруоххайын диэн санааттан маскировочнай сетка таҥаһын бэлэмнээтилэр. Үлэлэспит дьоммутугар Людмила Никифоровна Горохова, Аграфена Дмитриевна Шадрина, Варвара Николаевна Бочкарева, Матрена Никифоровна Шелковникова истиҥ махталбытын тиэрдэбит.







