МУНИЦИПАЛЬНОЕ БЮДЖЕТНОЕ УЧРЕЖДЕНИЕ "ЧЕРИКТЕЙСКИЙ ЦЕНТР ДОСУГА "САНДАЛЫ" МУНИЦИПАЛЬНОГО ОБРАЗОВАНИЯ "ЧЕРИКТЕЙСКИЙ НАСЛЕГ"

Үлэҕэ көхтөөхпүт

Муус устар 30 күнүгэр «Норуот күүһэ — көмүөл күүһэ» диэн этиинэн салайтаран, Чэриктэй нэһилиэгин баһылыга Федор Альбертович Карманов салайыытынан нэһилиэкпит эр дьоно,дойдуну көмүскүүр байыаннай дьайыыга сылдьар уолаттарбыт Горохов Айаал Александрович, Сивцев Иннокентий Федосеевич дьиэ — кэргэттэригэр анаан оттук маска субуотунньук тэрийэн, дьиэлэрин таһыгар мастарын киллэрэн биэрдилэр. Бу үтүө дьыалаҕа, күүстээх үлэҕэ, көмөҕө туруммут, кыттыыны ылбыт эр дьоммутугар, олохтоох дьаһалтаҕа тустаахтар махталларын биллэрэллэр.