МУНИЦИПАЛЬНОЕ БЮДЖЕТНОЕ УЧРЕЖДЕНИЕ "ЧЕРИКТЕЙСКИЙ ЦЕНТР ДОСУГА "САНДАЛЫ" СЕЛЬСКОГО ПОСЕЛЕНИЯ "ЧЕРИКТЕЙСКИЙ НАСЛЕГ"

Архив за Сентябрь 2026

Уус-Алдан улууһун дьоруойдарын күнэ.

Бүгүн,о.э балаҕан ыйын 25 күнүгэр Уус -Алдан улууһун Дьоруойдарын күнэ . Чэриктэй нэһилиэгэр Уус Алдан киэн туттар Дьоруойдарын сырдык ааттарыгар дириҥ махталы уонна ытыктабылы бэлиэтиир уот уматан, сибэкки дьөрбөтүн уурдубут.Эйэлээх олох иһин олохторун толук уурбут уонна сыралаах үлэлэрин анаабыт улуу дьоннорбут ааттара өрүү умнуллубат! Кинилэр хорсун быһыылара уонна үтүө ааттара үйэлэргэ уостубат уот буолан сүрэхпитигэр… (читать далее)

Көмүс күһүн -2026

Бүгүн, о.э.бала5ан ыйын 23 күнүгэр нэһилиэкпитигэр «Көмүс күһүн» тэрээһин бэт сэргэхтик ыытылынна. Олохтоохтор сайыны быһа бүөбэйдээн үүннэрбит оҕуруоттарын аһын «Ураты улахан үүнүү » күрэххэ аҕалан кытыннылар. Ол түмүгүнэн, «Саамай улахан кабачок» кыайыылааҕа Агафья Горохова, «Саамай улахан сүбүөкүлэ» кыайыылааҕа Семён Сивцев, «Саамай улахан моркуоп» кыайыылааҕа Любомира Дмитриева, «Саамай улахан хортуоппуй» кыайыылааҕа Мария Босикова. Ону тэҥэ «Күһүҥҥү… (читать далее)

Анал байыаннай дьайыыга бэйэ кылаатын киллэрии

Чэриктэй нэҺилиэгин «Үһүс саас оскуолатын» салайааччыта Агафья Николаевна Горохова салайыытынан, аҕам саастаахтар бэйэлэрин кылааттарын киллэрсэн Анал байыаннай дьайыыга сылдьар буойуттарбытыгар уопсайа 66 устуука флис бэргэҺэ, 19 устуука кээнчэ уонна 100 устуукахарысхал наборун оҥорон республикатааҕы уопсастыбаннай «Якутия с тобой» хамсааһын ыстаабыгар туттарабыт. Уопсайа 39700 солк хомуллан нэһилиэкпит дьоно, биир дойдулаахтарбыт өйөөн матырыйаал ылыллан тигилиннэ. Бары көмөлөспүт… (читать далее)

«Чэбдигирдэр сүүрүү»

Балаҕан ыйын 9 уонна 10 күннэригэр Чэриктэй нэһилиэгэр «Чэбдигирдэр сүүрүү»ыытылынна.Икки күн устата күргүөмүнэн уһуйаан иитиллээччилэрэ,оскуола оҕолоро,тэрилтэ үлэһиттэрэ,бэтэрээннэр,спорду сэҥээрээччилэр бары 15.00 киэһэ 18.00 ч диэри ким хааман,ким сүүрэн жетон хомуйан ол түмүгүнэн кыайыылаахтар быһаарылыннылар.Уһуйаан иитиллээччилэрэ:1м кыргыттарга Румянцева Амелия,2м Дмитриева Кэрэли уонна 3 м Сивцева Уйгууна.уолаттарга 1м Ярик Шергин,2 м Тимур Карманов уонна 3м Арсен Саввин.Оскуола оҕолоругар… (читать далее)