МУНИЦИПАЛЬНОЕ БЮДЖЕТНОЕ УЧРЕЖДЕНИЕ "ЧЕРИКТЕЙСКИЙ ЦЕНТР ДОСУГА "САНДАЛЫ" МУНИЦИПАЛЬНОГО ОБРАЗОВАНИЯ "ЧЕРИКТЕЙСКИЙ НАСЛЕГ"

Аҕам саастаахтар декадалара.

Бүгүн алтынньы 9 күнүгэр «Көмүс күһүн күлүмүрдэс өҥнөрө диэн аҕам саастаахтар декадаларыгар аналлаах тэрээһин буолан ааста.
«Саамай саамай улахан оҕуруот аһа»күрэҕэр бастакы миэстэни ылла Агафья Горохова, иккис миэстэ Варвара Бочкарева, үһүс миэстэ Светлана Свешникова буоллулар. «Көмүс күһүн бэлэҕэ» бүлүүдэ күрэҕэр бастакы миэстэ буолла Иван Свешников, иккис миэстэ Агафья Горохова, үһүс миэстэ Татьяна Свешникова буоллулар. «Сиэдэрэй корзинам» күрэххэ» бастакы миэстэ буолла Агафья Горохова, иккис миэстэнэн таҕыста Светлана Свешникова, үһүс миэстэ Варвара Бочкарева. «Эргиийбэт эдэр сааһым» күрэх кыайыылааҕа Мария Иванова буолла, иккис миэстэ Аграфена Шадрина, үһүс миэстэ буолла Татьяна Свешникова. Ыллам ырыалар ылланнылар, көрдөөх оонньуулар оонньоннулар. Остуол тула олорон, итии үүттээх чэй иһэ иһэ сэһэргэһэн, бэйэ-бэйэлэригэр эҕэрдэ тыл бэлэхтэһэн астынан тарҕастылар. Аҕам саастаах дьоммутугар тапталбыт, убаастабылбыт, махталбыт муҥура суох.

Добавить комментарий