Сэтинньи 2 күнүгэр Байанай ыйынан, норуоттар сомоҕолоһууларын күнүгэр аналлаах нэһилиэкпитигэр муҥха буолла. Муҥхаҕа нэһилиэк дьоно, оҕолуун, дьиэ кэргэнинээн кэлэн бары биир сомоҕо буолан, түмсүүлээхтик, Баай Байанайтан,Күөх Боллох Тойонтон көрдөһөн муҥхалаан саҕалаатыбыт.
Муҥханы иилээн саҕалаан ыытта муҥха хаһаайына Лукачевскай Вячеслав Петрович. Саҥа ууга да түһэ илик диэтэххэ муҥха да, дьон да байанайдаах буолан баһаамы бэристэ. Кэлбит дьон балыктаан,итии миин,чээй,алаадьы сэниэ киллэрэн барҕа махтал тылларын этэн өттүк харалаах илии тутуурдаах тарҕастылар. Байанайбытыттан аҕам саастаах дьоммутугар үтүө санаанан бэристибит.


















