Чэриктэй нэһилиэгэр Олоҥхо декадатын чэрчитинэн үтүө тэрээһин ыытылынна.
Тэрээһин саҕаланыытыгар 5-6 кылаас үөрэнээччилэрэ «Эрчимэн Бэргэн» олоҥхоттон быһа тардан толорон иһитиннэрдилэр, маны сэргэ бу айымньынан туруоруллубут испэктээкилтэн быһа тардыыны көрдөрөн мустубут дьону сэргэхситтилэр.
Салгыы олохтоох библиотека сэбиэдиссэйэ Лукачевская А. Д. Уус — Алдан биллиилээх олоҥхоһуттарЫН олохторун, айар үлэлэрин сиһилии билиһиннэрдэ.
Тэрээһин биир сүрүн түһүмэҕинэн оскуола о5олоругар остуол оонньууларыгар — хаамыскаҕа уонна хабылыкка — күрэхтэһии буолла. Сытыы киирсии түмүгүнэн кыайыылаахтар икки бөлөҕүнэн быһаарылыннылар:
Бастакы бөлөх:
1. Одунхан Дмитриев — I миэстэ
2. Дамир Чабыкин — II миэстэ
3. Карина Казарян — III миэстэ
Иккис бөлөх:
1. Айхаана Дмитриева — I миэстэ
2. Күннэй Румянцева — II миэстэ
3. Айысхан Бочкарев — III миэстэ
Тэрээһин оҕолор төрүт култуураҕа, олоҥхоҕо уонна сахалыы оонньууларга интэриэстэрин өссө күүһүртэ.





















