МУНИЦИПАЛЬНОЕ БЮДЖЕТНОЕ УЧРЕЖДЕНИЕ "ЧЕРИКТЕЙСКИЙ ЦЕНТР ДОСУГА "САНДАЛЫ" СЕЛЬСКОГО ПОСЕЛЕНИЯ "ЧЕРИКТЕЙСКИЙ НАСЛЕГ"

Сомоҕолоһуу күнэ

Чэриктэй нэһилиэгэр » Норуоттар сомоҕолоһууларын» күнүн бэлиэтээтилэр.
Сэтинньи ый саҕаланыыта дойду үрдүнэн ураты суолталаах бырааһынньык — Норуоттар сомоҕолоһууларын күнэ өрө көтөҕүүлээхтик бэлиэтэнэр. Бу бэлиэ күн чэрчитинэн Чэриктэй нэһилиэгэр дьону-сэргэни түмэр, сырдык уонна истиҥ бырааһынньыктааҕы кэнсиэр уонна быыстапка буолан ааста.
Бырааһынньык уус-уран чааһын эҕэрдэ нүөмэрдэринэн киэргэттилэр, ол курдук, «Эрэлчээнэ» оҕо уһуйаанын үлэһиттэрэ уонна кырачаан иитиллээччилэрэ кэнсиэри ураты сылаас тыыннаатылар. Саамай кырачааннар сыанаҕа тахсыыларын көрөөччүлэр дохсун ытыс тыаһынан көрүстүлэр. Чэриктэй орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ бэйэлэрин эрчимнээх уонна патриотическай тыыннаах сырдык нүөмэрдэрин киллэрэн, эдэр көлүөнэ дойдуга тапталын, бэриниилээх буолуутун көрдөрдүлэр.
Николай Ларионов соло толоруута хас биирдии киһи дууһатын хамсатта.
«Ай-санаа» дьахталлар ансаамбыллара ыллаабыт ырыаларынан бырааһынньык ураты киэргэлэ буоллулар. Кэнсиэр биир саамай уйан уонна истиҥ кэрэ түгэнинэн «Ийэ кыыһынан» үҥкүүтэ буолла. Көлүөнэ ситимин, ийэ нарын тапталын уонна харысхалын көрдөрбүт дьикти үҥкүү хас биирдии көрөөччү сүрэҕэр иҥнэ. Бырааһынньык өссө биир ураты уонна сиэдэрэй чааһынан төрөппүттэр күүстэринэн тэриллибит араас омуктар астарын быыстапката буолла. Төрөппүттэр, кылаас салайааччылара түмсэн , бэлэмнэнэн, элбэх араас омук сиэрин-туомун уонна төрүт астарын дьон дьүүлүгэр таһаардылар. Манна саха омук үрүҥ аһыттан, алаадьытыттан саҕалаан, атын доҕордуу омуктар ураты минньигэс уонна уран астара ууруллан, бырааһынньык дьиҥнээх сомоҕолоһуутун уонна эйэтин көрдөрдө. Кэлбит ыалдьыттар минньигэс араас омук аһыттан амсайан, астынан, махтанан тарҕастылар.